Ол курдук сылын аайы ыытыллар "Үрүҥ Уолан”
куонкуруспут быйыл уолаттарбыт призывка киирбиттэринэн ыытыллыбата. Ол оннугар
8-11 кылаас уолаттарыгар волейбол күрэҕэ буолла. Тыҥааһыннаах киирсиигэ
Спиридонов Б.С. хамаандата кыайыылаах тахсан үөрдэ-көттө.
Үгэскэ кубулуйбут Хапсаҕай күрэҕэр оскуола
уолаттара бары кытыннылар. Төрөппүттэр, учууталлар ыһыытаан-хаһыытаан,
хапсаҕайдьыттарбытыгар көмө, тирэх буоллулар.
Кырачаан 1-гы кылаас уолаттарыттан саҕалаан
модьу 11-гэ диэри кыттааччыларбытыгар төрөппүттэрбит спонсордаан бары илии
тутуурдаах түһүлгэттэн тарҕастылар.
Нэдиэлэ 3-с күнүгэр 5-7 кылаас эр бэртэригэр
военизированнай эстафета ыытылынна. Манна уолаттар сымсаларын, быһыйдарын,
халбайдарын уонна түргэн мындыр туттунууларын көрдөрдүлэр.
Оттон кырачаан уолаттарбытыгар төрөппүт
комитета көрдөөх стартары тэрийэн күлүүлээх-үөрүүлээх бэрт көхтөөх оонньууну
тэрийдэ.