Кулун тутар 1-3 күннэригэр Ойуһардаах
бөһүөлэгэр комплекснай спартакиада чэрчитинэн ыытыллыбыт мас тардыһыытыгар
биһиги оскуолабыт чиэһин көмүскүү 7 мадьыны ыраах айаҥҥа аттаммыттара.
Оҕолорбут бары бэрт
ситиһиилээхтик кыттан, 5 хамаандаттан кыайыылаах кэлэн, өссө Данилов Артем 11
кылаас үөрэнээччитэ абсолютнай чемпион аатын сүгэн кэллилэр.
Данилов
Артем уонна Слепцов Вася улуус чиэһин көмүскүүр сүүмэрдээһиҥҥэ Орто Халымаҕа
хааллылар. Үөрэнээччилэрбит ситиһиилэринэн киэн туттабыт, "маладьыастар” диэн
хайгыыбыт уонна өссө инники ситиһиилэри баҕарабыт! |